ТАҤНАЛЛАР САҤА ТАҤАҺЫ

Таҥналлар саҥа таҥаһы

Сааскы тыалларга тэлээрэ,

Сырсаллар сыыры таҥнары

Сыһыынан онтон элээрэ.

 

Көтөллөр күҥҥэ тахсардыы

Көстүбэт суолу суруйа,

Maҥан ыраас баарыстардыы

Бараллар, миигин угуйа.

 

Баар миэхэ бараммат ыра,

Суох арай эдэр саас эрэ.

Ол сир көтөр кыргыттара

Оо, билбэттэр ону эрэ!..