ТАПТАЛ

Сибэккилээх толоон устун

Кинилэр хаамаллар сиэттиһэн,

Ким кими урут кууспутун

Билбэккэ хаалаллар ол иһэн.

Көрдөөх уол бараары туран:

«Күн кыыһа, мин кэлиэм!» — диэбитэ.

Сэмэй кыыс атаара туран:

«Сир уола, мин күүтүөм!» — диэбитэ.

Хаһыс хаар түһэн уулунна?

Хаһыс сыл хаамсарый кинилиин?

Хаһыс дьиэ хаарга сууланан

Турарый, бүтэһик эрэллии?

Киирбитэ дьиэҕэ сир уола,

Көрдүүрэ ээр-сэмээр күн кыыһын.

Сырдатар көмүлүөк уота

Тардыллан турар таҥас быыһы.

Дьиэлээхтэр уолга утары

Дорообо тутуһа турдулар,

Былдьаһа-былдьаһа бары:

«Кэллиҥ дуо? — диэт, кэпсээн

бардылар, —

Оҕобут эйигин таптаан

Араас дьоҥҥо аккаастаабыта.

Күлбэт буолта, күүтэ сатаан,

Онтон ити олох сыппыта…».

Бу кэмҥэ дьол суолун устун

Күн кыыһа уол диэки хаампыта.

Ким кими урут кууспутун

Бэл дьоно билбэккэ хаалбыта.

Билиэҥ дуо, таптал диэн тугун,

Тапталтан ким хайдах буоларын:

Бүгүн эн ыалдьан охтоҕун,

Сарсын эн үтүөрбүт буолаҕын.