ТАПТАЛГА ТЭҤ СУОХ

Сүктэр кыыска сүбэлээтэххэ,

Тахсар кыыска таайдахха:

Сөбүлээбит – сүгэһэрдээххэ.

Таптаабыт – тайахтаахха.

 

Холлоох дойдуттан холоонноохтор,

Тэгил сиртэн тэҥнээхтэр

Утарсан турар омсолоохтор,

Тэйсэн хаалар дьиэктээхтэр.

 

Тапталга тэҥ суох. Соһуйума.

Таптаабыт бас бэринэр,

Таптала эрэ сойдоҕуна,

Кини ону билинэр.