ТИИҤ

Тииттэн тииккэ ойуолаан
Тииҥнэр оҕолуу оонньууллар,
Кинилэри сойуолаан
Кимнээх ол хаары оймууллар?

Тииккэ куотан тахсар тииҥ
Биирдэ өрө куһугуруур,
Ханна эрэ элэҥниир,
Хатырык тохтон курулуур.

Булбат булчут хараҕа
Бороҥ тииҥи лабааларга:
Бука, ордук бу тыаҕа
Бороҥ тииҥ тыыннаах хаалара.