1
Араас диэн таас дьиэҕэ ардыгар алыстаан
Хас уон аана хара тимир хаххалаах —
Арааһа, бу манна ахсааннаах эрэ аан
Бар дьонугар эрэнэ мас халҕаннаах.
Хаптаһын халҕаннаах ыал ханнык баайдааҕын
Халааччылар да бэркэ диэн билэллэр,
Арай дьэ билбэттэр аба диэн хайдаҕын,
Алдьаппыт ыалларын алҕас истэннэр.
Кинилэр ааһа туруохтара мас ааны:
Кыра туһуттан түбэһэр кыһыылаах,
Хата алдьатыахтара хас да хос ааньг —
Тимир да ааннаах, дьиҥэр, таах быһыылаах.
Ол да буоллар ким барыта оҥорторор
Тирии курдук хараарар тимир ааны,
Хайдах эрэ ол хардаҥ эһэ олорор
Хара түөкүттэри харбаан ылаары.
Мин дьиэм — мин кириэппэһим диэн
дьэ бу буолар:
Тимир аан кэннигэр дьикти холкугун,
Умнаҕын эн бу манна, уу курдук уолар,
Олох обургу оонньуута холуһун…
Тимир ааннар биһигини харыстыыллар,
Тимир ааннар малбытын да маныыллар,
Тимир ааннар арыт-арыт абырыыллар,
Тимир ааннар дьэ ол иһин тарҕыыллар.
Тимир ааннар тилиргииллэр-
талыргыыллар,
Тимир ааннар күнүн-түүнүн тыаһыыллар,
Тимир ааннар арыт-арыт алыстыыллар,
Тимир ааннар саҥара дуу сатыыллар.
Тимир ааннар астаххына-саптаххына
Лиһиргэһэ-лаһырҕаһа түһэллэр,
Иһиллэр курдук бүтүн Арассыыйаҕа
Ол тыас-уус, түүҥҥү халлааҥҥа түмүллэн.
Аймаммыт санаабар аан дойду бүтүннүү
Тимэхтии тиһиллэр тимир аанынан,
Сотору сир-халлаан сиксигин күлүктүү
Тимир аан солбуллуо тимир быыһынан.
Тимир ааннар араартыыллар баара-суоҕа
Биир дьиэ, биир тиэргэн, биир куорат
дьоннорун,
Тимир быыстар араартыахтара буолуоҕа
Биир ыаллыы дойдуттан атын дойдуну.
Ол эрэн бэл көҥүл сылдьар бырааптарын
Бу олох кэлэн булбут ааттаах дьоннор
Сирэ барбаттар эбит тимир ааннары,
Сиэр-майгы кэрэһитэ оҥостоннор.
Туох-туох буолбатаҕа баарай дьол туһугар?!
Тимир ааннар быстах суолтан быыһыыллар,
Көмүскүүллэр түөкүттэртэн, ол оннугар
Төлөбүрүн дууһабытын халыыллар.
Тимир ааннар, дьиҥэр, дьэ бу дьикти ааннар,
Биһиги үйэбит биир арыйыыта.
Айдахтара уоруйах элбээн ыксааннар,
Эбэтэр тоҥон-хатан — тымныйыыттан.
Тимир ааннар, дьиҥэр, дьэ бу дьиибэ ааннар,
Биһиги үйэбит биир саата-суута.
Айдахтара киһини сэнии санааннар,
Сиргэ чиэс уонна суобас умнуллуута.
Тимир ааннар — дьикти ааннар, дьиибэ
ааннар,
Дьиҥэр, бу олохпут сатарыйыыта.
Бу мантан сүүйэллэр арай тимир ааннар,
Бу хараҥа сырдыгы баһыйыыта.
2
Оттон бу хос аана суох дьиэ хаһаайына,
Бука, холку соҕус санаалаах киһи,
Саха омук саамай улахан баайынан
Аһаҕас ааны ааҕар курдук кини.
Ол тэҥинэн биһиги да мантан ыла
Дьиэбитин арай тимир ааннаамыахха,
Сороҕор хас да хонукка харабыла
Суох хааллаҕына да санаарҕаамыахха.
Бэл диэтэр халаатахтарына даҕаны
Билбэтэх-көрбөтөх курдук тугтуохха,
Өһү-сааһы умнан өрүүтүн да аны
Үтүөнү эрэ санаан олоруохха.
Оччоҕо кырдьык да туох буолуо эбитэй?
Эрэй-буруй эбиллиэ эбитэ дуу,
Эбэтэр дьэ хата кимнээҕэр үчүгэй,
Кэрэ кэм кэлэн үөрдүө эбитэ дуу?
Биһиги мэлдьи өйдөһө, ытыктаһа
Эйэлээхтик этэҥҥэ олорорбут
Ыраах дьоммут өйдөбүлүгэр, бадаҕа,
Ырай олоҕо диэн ааттанар курдук.
Хаһан да итини хара күлүктээхтэр
Халлааннар бэлэхтэрин курдук санаан,
Бары да туһанан тэйиэх көрүҥнээхтэр
Баар балаһыанньаны таба сыаналаан.
Таптаабыт табаардара таах сытар буолан,
Таһа сатаан-сатаан баран салҕаннар,
Оннооҕор кинилэр харахтара туолан
Уора даҕаны барбаттар тахсаннар.
Оттон соторутааҕыта ол эрэттэр
Халыҥ халҕаннаах хаайыыттан
салланнар,
Куруутун да кутталларыттан эбиттэр
Халыыллара хара түүҥҥэ саһаннар.
Ол курдук аны уустук сырыылаах уоруу
Умсулҕана сүтэн хаалта олоччу,
Билигин атын да буруйу оҥоруу
Биллэрдик аҕыйаабыта соһуччу.
Тутуу-хабыы суох диэн дойду бэрээдэгэ
Тоҕо эрэ тохторго барбатаҕа,
Иһээччи-аһааччы да элбээбэтэҕэ,
Эрэнсии күүһэ диэн ити буоллаҕа.
Оҕолорун тустарыттан олус аны
Олохтоохтор аймаммат буолбуттара,
Араас түүҥҥү «арамаантыктар» даҕаны
Ааспыт сырыыларын умнубуттара.
Хата оннук хас уон халыыр үгэстээхтэр
Хаалларбыттара хара дьыалаларын,
Кинилэр аны киэн туттар үлэлээхтэр —
Дьон эбиттэр ээ, хор, маладьыастарыҥ!
3
Саҥардыыҥҥа диэри сахалар дьиэлэрин,
Саараама, хатаабакка сылдьаллара,
Арай ханна эрэ барбыт бэлиэлэрин
Ааннарын маһынан баттаталлара.
Ол аата өбүгэлэр үгэстэринэн
Баттатыылаах даҕаны турар дьиэҕэ
Айан киһитэ ардыгар илистэн
Аһаан, сынньанан ааһара сиэр этэ.
Ол дьиэни, баҕар, уоран да барыахтарын
Оччолоох мал-сал онно суох буолара
Уонна дьэ хайдах халыахтарай ыалларын?
Хайа, бу сытыа дии хара суоллара.
Ол иһин да от үрэхтэр бастарынан
Бытанан олорор дьоҥҥо-сэргэҕэ
Тутта-хапта сылдьаллара туспатынан
Туора хаампыт тута биллэн эрдэҕэ.
Ол киһи оҥорбут айыыта-харата
Эриэн ыт буолан иннигэр сүүрэрэ.
Саха омук өйө-санаата барыта
Сааттааҕы бэйэтиттэн киэр үүрэрэ.
Эн дьоҥҥор-сэргэҕэр, эн дойдугар-сиргэр
Дьолу эрэ баҕарар буоллаххына,
Үтүө санааҥ эн майгыгар-сигилигэр
Өтө көстүө өрүү, күн курдук тыга.
Аһыныгас, элэккэй дьахтары былыр
Амарах да барахсан дэһэллэрэ,
Итиэннэ киниэхэ тиийбэтэххэ дылы
Итийбэхтээн ылара иэдэстэрэ.
Өбүгэ саҕаттан үгүстэр-элбэхтэр
Үтүөҕэ итинник үөрэнэллэрэ,
Амарах да барахсаттар диэн кииилэр
Аны бэйэлэрэ этитэллэрэ.
Эйэҕэс-сайаҕас эр киһини урут
Барахсан мааны да киһи дииллэрэ
Уонна саҥардыы атахтарыгар турбут
Уолаттарыгар анаан кэпсииллэрэ.
Бэйэлэрэ да мээнэ дьон буолбаттара,
Киһи үс кырыылааҕа этилэрэ —
Кинилэри батан кэлин уолаттара
Саха саарыннара дэтитэллэрэ.
Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарар,
Кыыс оҕо ийэтин идэтин салгыыр,
Аан дойдуга атын олох саҕаланар,
Ол эрэн ону аҕа, ийэ алгыыр.
Арҕаһыттан тэһииннээх айыы дьонноро,
Көхсүттэн тэһииннээх күн ыччаттара
Сиэрдээхтик айа-тута олороллоро
Ситинтэн эрэ ситимнээх барыта.
***
Олох диэн сырдык уонна хараҥа
Сылайан биэрбэт охсуһуулара,
Утарыта турсар араҥалар
Улассык таары хотуһуулара.
Сороҕор биир дьоннор эйэлэрин
Атыттар соруйан кэһиилэрэ,
Ити кэннэ бэйэ-бэйэлэрин
Эн-мин диэн эккирэтиһиилэрэ.
Уоруйахтар уонна күлүкээттэр,
Милииссийэ итиэннэ суут-сокуои —
Бастакылар баппат идэлээхтэр,
Бар дьон бу сиргэ нус-хас олоруон.
Ханнык баҕарар куорат, сэлиэнньэ
Халааччытын кыайбат харабыла —
Бэйэтин олоҕор нэһилиэнньэ
Бэйэтэ кытыннар мантан ыла.
Уопсастыба сиэрдээх олоҕуттан
Ол хайдах сорох уор санааланна?!
Сатаан ииппэтэх оҕобутуттан
Саһарбыт буолаарай тимир ааҥҥа!..
Дьикти олох диэн дьэ ити буолар.
Итиннэ өссө эбэн кэбиһиҥ
Көмпүүтэр тута көрүнэн туолар
Интэриниэт эгэлгэ ситимин.
Ол барыта көрдөрөр толору
Олох да атын олох кэлбитин,
Аат-суол, байыы араартаан дьоннору
Аахайбат буолтун киһи киһитин.
Улуу сайдыы охсуулаах суолугар
Урааҥхай саха эмиэ үктэннэ,
Аан дойдулуун айанныыр суотугар
Аһаҕас аан диэн аар сүтүктэннэ.
2003 сыл