ТОЙОН АРЫЫГА

Хаҥаластыыр массыына
Хараҥаҕа элээрэр,
Хайдах Тойон Арыыга
Халыйдыбыт бу, бээрэ?..

Тойон Арыы сиригэр
Дьоһуннаах ыал олорбут.
Тойон сэргэ иннигэр
Тоҥуу хаарга тохтуубут.

Бу ыаллар биир уоллара
Үс саханы аатырта –
От-мас тиэйэр суоллара
Уларыйда аартыкка.

«Урааҥхай сахалар» диэн
Дириҥ чинчийии баара
Киммит-ханныкпыт биллиэн
Кэрэһилиир, арааһа.

Ол ыал иккис уоллара
Уолҕамчы киһи этэ,
Тустаах сыала туолбакка,
Толук тыынын биэрбитэ.

Оттон бүгүн бу сиргэ,
Ол мааны ыал өтөҕөр,
Хаһыы сылгы үөрдэрэ
Хабдьылардыы көтөллөр.

Сылгы хаспыт ыырынан
Сыыйа суолга тахсабыт,
Түүҥҥү туман быыһынан
Төннөр аакка барабыт.

Тойон Арыы сиригэр
Хата сылдьан хааллахпыт,
Тойон төрүүр сиһигэр
Тохтуу түһэн аастахпыт.