ТОЙОН ЫҤЫРЫА

Миэхэ аһаҕас түннүгүнэн

Тойон ыҥырыа көтөн киирдэ —

Туох эрэ сайыҥҥы көрүнэн

Туола түстэ дьиэм иһэ биирдэ.

 

Киирээт даҕаны кини, бука,

От-мас суоҕуттан олус сөхтө,

Сөҥ-сөҥнүк ыллаан лоҥкуната

Хоһум иһин кэрийэ көттө.

 

Ол кэнниттэн түннүккэ кэлэн

Түһэ-түһэ көтө сырытта,

Бэһиэлэй сайыҥҥы көрүнэн

Мин тоҥмут дууһабын сылытта.

 

Тойон ыҥырыам көтө сылдьан

Көрөн-истэн баран таҕыста.

Дойдубун дуу кэмэ суох ахтан

Дууһам миэнэ ыраах барыста.

 

Оо, эмиэ атах сыгынньаҕын

Оһуордаах толооҥҥо сылдьабын,

От-мас мүөттүү дыргыйар сытын

Иһэммин туймаара сыһабын.

 

Сайыҥны күн сып-сылааһынан,

Санаабар, миигин кууһан ылар,

Кыракый бэйэбин кыһанан

Кыһыл көмүс кыымынан ыһар.

 

Саас кэлбиччэ, тойон ыҥырыам,

Саамай сөпкө ыалдьыттаан аастыҥ,

Саамай кэмигэр эн сөҥ ырыаҥ

Санатта миэхэ оҕо сааспын.

 

Халлаан тымныы өссө даҕаны,

Өлүөнэ өссө эстэ илик,

Оттон мин быйылгы сайыны

Хайыы-сах көрүстүм итинник.