ТӨЛКӨ

Төрөөтүбүт да, ол түгэн

Түөрэх кээһэр төлкөбүт.

Түөрэх хайдах түһэринэн

Олоруохтаах үһүбүт.

 

Дьылҕа тойон ыйааҕыгар

Ол барыта суруллар,

Онтон туспа быһаарынар

Онно олох бобуллар.

 

Сир олоҕо баара-суоҕа

Халлаан оонньуур оонньуута.

Хайаан да туола туруоҕа

Одун хаан оҥоһуута.

 

Хайыай, киһи утараахтаан

Төлөрүйбэт төлкөтүн?

Мин да ону өйдүү сатаан

Ыарытымыым төбөбүн.

 

Сиргэ түспүт сэрэбиэйим,

Окко түспүт оҥоһуум

Миэхэ хайдах эргийиэҕин

Күүтэ-күүтэ олоруум.

 

Баҕар, үрдүк таҥаралар

Махталларын ылыаҕым,

Ыраас киһи буолан, баҕар,

Ырай аанын аһыаҕым.