ТӨРҮТ СИРГЭ

Айылҕа кэппит симэҕин,

Аргыый суугунуур аар тайҕам.

Абылыыр эмиэ ол миигин —

Айылҕа аата айылҕа!

 

Төрүт сирдэрбин хаалларан

Төлкөбүн дуу кэспит буоламмын,

Түөлбэбэр кэлэн хаар маҥан

Төбөбүн хоҥкутан турабын.

 

Түһээн да буолуо ол, баҕар,

Төрөөбүт сирбин мин буллаҕым,

Түптэм буруота унаарар

Түүнүгэр кэлбит буолабын.

 

Төрөөбүт төрүт өтөҕүм

Төҥүргэһэ диэн мин инибин:

Түһээммин хаста көрөбүн,

Төннөммүн хаста кэлэбин.

 

Төһө да тэйэн бардарбыт

Төрүт өтөхпүт төҥүргэстээх,

Төрүүр-ууһуур түөрт сахабыт

Төрүт сурда да кэриэстээх.

 

Түөлбэм хас биирдии ыалыгар

Төлөннөөх эҕэрдэ ыытабын,

Түүҥҥү сир сөрүүн тыалыгар

Түөһүм муҥунан тыынабын.

 

Төрөөбүт төрүт сирдэрбэр

Түүннэри тохтообот күөрэгэй,

Түөн ыйа сүтүөн иннигэр

Төгүрүк күнэ күөрэйэр.

 

Түөлбэттэн улам ыраатан

Түҥ ойуур иһигэр киирэбин,

Түөлбэм уутуттан ытыһан

Төһөлөөх ахтан иһэбин!

 

Төрөөбүт төрүт өтөҕүм

Төҥүргэһэ диэн мин инибин:

Түһээммин хаста көрөбүн,

Төннөммүн хаста кэлэбин.

 

Перейти к содержимому