ТУГУ, ТУГУ МИН ЭТТИМ?

Поэт ааттаах буоламмын

Бастаан уонна саҥалыы

Атын дьонтон ордугу,

Аанньал киэнин курдугу,

Тугу-тугу мин эттим

Дойдум-сирим туһунан?

 

Эмиэ оҕо буоламмын

Ийэм, аҕам тылынан

Туойдум кини кэрэтин,

Туора киһи билбэтин,

Ол аата дьиҥ сахалыы

Уонна баҕар саҥалыы.

 

Киһи ааттаах буоламмын

Киһи киһи буоларын

Улуу тылтан кыраны,

Уопсай тылтан атыны

Тугу-тугу мин эттим

Дьонум-сэргэм туһунан?

 

Үөрэх, сайдыы суолларын

Үөмэр үрдүк тылларын,

Үксүн бастаан даҕаны,

Үйэм-сааһым тухары

Өрө тутан кэллэҕим,

Өлүүбүн син эттэҕим.