ТУЛЛУКТАР

Быһа холоон эттэхпинэ,

Былыр кыра эрдэхпинэ

Туллук хаара түһэрэ,

Дууһам миэнэ үөрэрэ.

 

Сарсыныгар туллуктары

Бэйэлэрин көрөрүм,

Саһарсаннар бука бары

Кэрэлэрин сөҕөрүм.

 

Оттон биһиги диэн дьоннор,

Удьуор-хаан булчут оҕолор,

Ох саабытын ыларбыт,

Ойуур диэки сырсарбыт.

 

Ол курдук дьэ бултаарыбыт

Омуннуран турарбыт,

Туллуктары тутаарыбыт

Доҕуурдары уурарбыт.

 

Доҕуур диэн кыра хаптаһын.

Туһаҕын кылтан хатаҕын,

Хаптаһыҥҥар эн ону

Хам саайаҕын туруору.

 

Туллуктар онно иҥнэннэр

Толугуруу мөхсөллөр,

Тутуоҕуҥ арыый иннигэр

Туура тардан көтөллөр.

 

Орто дойду туллуктара,

Оо, дьикти да буолаллара!

Суох, ону мин өрүүтүн

Субу баардыы өйдүүбүн.

 

Былыыр-былыр тиэргэнигэр

Быыкаа киһи турара —

Бука, онно мин иннибэр

Бу барыта буолара.

 

Туундараттан Дьокуускайга,

Тоҥ дойдуттан муус дойдуга,

Туймаадаҕа киирбиппэр,

Туллуктарым кэлбиттэр.

 

Чуумпураммын, иһийэммин

Дьону кытта турабын,

Уҥа-хаҥас эргийэммин

Одуулуубун тулабын.

 

Туллук үөрэ хара сиргэ

Тунах курдук кэлэн түстэ.

Тулам кэҥии, ыраата,

Туналыйа сырдаата.

 

Хаппыт оттор туораахтара

Хамсаттыҥ да тохтоллор,

Оҕо сааһым туллуктара

Онно аһаан тотоллор.

 

Күөх хонууга дьону үөрдэ

Көтөн кэлбит туллук үөрэ

Махтаныахпыт туһугар

Манна тохтуо хонугар.

 

Баҕар киэһэ, баҕар түүн дуу

Маҥнайгы хаар түһүөҕэ,

Үтүөкэн кэми уруйдуу

Үөр туллук салгыы көтүөҕэ.

 

Күөх Хонуу — куорат тиэргэнэ,

Көмүс хаарынан киэргэнэ,

Ыалдьыттарын таһаарыа,

Ыраах суолга атаарыа.

 

Кыһын ааһыа, сааспыт кэлиэ.

Кыраһа хаар түһүөҕэ.

Дьонум-сэргэм тураат эмиэ

Туллуктары көрсүөҕэ.

 

Перейти к содержимому