ТУОХТАН МАННЫК

Сэгэрдэриэм, туохтан маннык

Сэттэ уоммун туоларбар,

Сиэрдээх олох суолугар

Сирдиэх курдук сананабын?

Атастарыам, туохтан маннык

Аҕыс уоммун туоларбар,

Аһыныгас буоларга

Ааттыах курдук айманабын?

Доҕотторуом, туохтан маннык

Тоҕус уоммун туоларбар,

Дьонум-сэргэм туһугар

Туойуох курдук долгуйабын?

Өйдүүбүн дуу үтүө санаа

Өрөгөйүн, үөрүүтүн?..

Үүнүҥ-сайдыҥ өрүүтүн,

Үчүгэйи эрэ санааҥ!