ТУОХ КУҺАҔАН ИДЭТЭЙ

Туох куһаҕан идэтэй,
Туой тугу эрэ саныы сылдьар.
Тугун муҥа эбитэй,
Ол ону туппутунан кырдьар.

Этэргин этэ илик
Эрэйдээх буоллаҕыҥ ол аата.
Күнүһүн-түүнүн ити
Күлүҥнүүр саас муспут санаата.

Эрэйдиир ол санааны
Эн сатаан этиэҥ да, уоскуйуоҥ
Уонна дьэ ууга тааһы
Бырахпыт кэриэтэ утуйуоҥ.