ТУРГУТАН КӨРҮҮ

Хара сыырдары батыһа

Хараарсаллар эйимнэр.

Оҕолор күнү да быһа

Сөтүөлүүргэ бэлэмнэр.

 

Ол эрэн ууга кинилэр

Ууга курдук сэрэхтэр.

Киһи тургуйбат сиригэр

Кими да киллэрбэттэр.

 

Ийэлэрэ, аҕалара,

Иэдээн тахсыа диэн бары

Этэн ахан ыыттахтара

Эйим тардан ыларын.

 

Оттон олох эйимиттэн

Оннук ким сэрэтиэҕэй?

Эн олоххун эйигиттэн

Ордук ол ким билиэҕэй?

 

Арай тургутан көрөөччү

Ахсаана суох буолуоҕа,

Үтэн-анньан да көрөөччү

Үгүс-элбэх буолуоҕа.

 

Олох диэн — тургутан көрүү,

Ону умнуо суохтааххын.

Эрииргэ-мускуурга өрүү

Эн бэлэм буолуохтааххын.