ТҮҺЭР САҤА ХААР

Оҕо аймах турбутугар,
Омос үөрүү баар:
Орто-туруу дойдутугар
Түһэр саҥа хаар.

Оҕо аймах кыратыгар,
Ордук үөрүү баар:
Уолугугар, саҕатыгар
Түһэр саҥа хаар.

Быыкаа дьоҥҥо бырахсарга,
Бэлэм мээчик баар:
Кыра кыһыл ытыстарга
Түһэр саҥа хаар.

Сирим ньуура уларыйан,
Сэргэх көстүү баар:
Толооннорбор туналыйа,
Түһэр саҥа хаар.

Улахантан оҕотугар,
Улуу үөрүү баар:
Уруй-айхал ортотугар
Түһэр саҥа хаар.