ТЫАЛГА

Тыалырара, тыалырара

Тыаһыы, маһы тоһута.

Тыал тыаһыыра тыа баһыгар,

Тыа иһигэр чуумпута.

 

Тыалтан саһан тыа иһигэр

Тыыммакка да олор эн,

Тымырдаргар тыаһыы үрэр

Тыал сэллээбэт ол эрэн.

 

Тыһыынһанан сулустарга

Тыынар тыыннаах баара дуу,

Тырымнаһан олустар да,

Тыаны курдат одуулуу.

 

Тыалтан тостор лабаалары

Тымныы сиртэн ылаҕын,

Тыаллыы көтөр санаалары

Тыллар устун ыһаҕын.