ТЫЛГА ТИИҺИИ

Үчүгэй тыллартан сирэйбит үөрэр,

Kyhаҕан тыллартан сирэйбит хомойор.

Сирэй туһунан араас тыллары

Сирэйдээх барыта саҥарар.

Баҕар, итинэн да сирэйдэнэн

Баары этиэххэ дуу сирэйинэн.

Манна сирэй диэн тылы алаадьылыы эргитии —

 Баара суоҕа сирэй туһунан тылга тииһии.

Онон сирэй туһунан сиэрэ суох да тыллартан,

Бука, эн өһүргэнимэ, сирэй бэйэҕэр ылынан.

 

Ардыгар, оо, киһи, эн биир сирэйгинэн

Аан дойду сирэйин алдьатар, тупсарар

Араас үлэни сирэй салайа сылдьан,

Арааһа, сирэй тириитэ халыҥаан,

Алҕаскын сирэйгэр эттэхтэринэ,

Аатыраары сирийиҥ  быһа сытыйан,

Абааһы сирэйин сирэйдэнэн

Араастык үөхсэн сирэйдэтэҕин.

Арыы-сыа аллыбыт амарах сирэйи

Абарыы-сатарыы сирэйэ солбуйар.

 

Оттон сороҕор эн атын сирэйгинэн

Ол туохтан даҕаны сааппат сирэйдээҕи

Сирэйин быһa этэҥҥин,

Бука, сир-буор сирэйдээри

Сирэй көрсөн аахсаҕын,

Сирэй-харах анньыһаҕын,

Сирэйгиттэн саатыаҥ иһин,

Бэйэҥ сирэй баран тахсаҕын.

Дьэ, уонна ханнык сирэйгинэн

Дьон сирэйин көрүөҥүй эн.

 

Икки атах, иннинэн сирэй,

Эмискэ сирэйгин саптынан

Икки сирэй буола түһэҕин,

Оннооҕор сирэй өстөөххун

Сирэйгэ биэрээри да туран

Сирэйигэр бэрт буолаҕын.

Санааны сирэйгэ эппэккэ,

Сирэй кэннигэр саҥарыы –

Сирэйдээх мааныта киһиэхэ

Сирэйи киэргэппэт быһыы.

 

Сэгэртэйиэм, киһини сирэйэ билбэт.

Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа.

Киһини сирэйинэн эрэ талан

Кэлин бэйэҥ сирэй-харах буолуоҥ, баҕар.

Сэмэй, кэрэ сирэйдээҕи,

Сирэйин курдук сиэрдээҕи,

Сир-сир ахсын сирэйдээри

Сирэй бэйэбит тиийэттиэҕиҥ,

Сирэйбитин кистээбэккэ

Сирэй көрсөн кэпсэтиэҕиҥ!