ТЫЛ

Тыл уҥуоҕа суох,

Тыына эрэ ыарахан.

Тыл уҥуоҕа суох,

Тылга тииһии баар аххан.

 

Тыл, чыычах курдук,

«Чырып» диэт да мэлийэр,

Дьэ уонна бар тут,

Тиэргэн аайы тэнийэр.

 

Этиллибит тыл

Истиҥ эбэтэр быдьар,

Этиллибит тыл

Эн ааккын илдьэ сылдьар.

 

Элбэх тыл-сымсах,

Аҕыйах тыл-минньигэс.

«Бүт» диэн хайыы-сах

Саҥа бөҕө эймэлэс.