УБАЙ-БЫРААТ КЭРИЭТЭ

Убай-быраат кэриэтэ

Оскуолаҕа хаампыт

Үтүө кэммит бэлиэтэ

Өйбүтүгэр хаалбыт.

 

Аны олох эргийэн

Атын быһыы-дьүһүн,

Ийэ сир бит иһийэн

Кэри-куру бүгүн.

 

Оттон дьоно-сэргэтэ

Уота-күөһэ мөлтөөн,

Айар-тутар бэйэтэ

Аны сылдьар өрөөн.

 

Өрүү аантан тоһуйар

Үлэ туһа диэҥҥин,

Маннык кэмҥэ дойдугар

Бас-көс буола кэллиҥ.

 

Өйдөһүү да суоҕугар

Үтүө өттүн санаа,

Көнүү-тупсуу суолугар

Күүскүн-уоххун анаа!

 

Перейти к содержимому