УЙБААН-ЧААЙДАР

Бары даҕаны үчүгэйкээннэрин,

«Барахсаттары да!» — дии санаатым,

Тэлгэһэбэр үүнэр үүнээйилэри

Үгүстэрин хоһуйа сатаатым.

 

Ол эрэн олордооҕор ордуктара,

Итилэрдээҕэр эриэккэстэрэ,

Саамай сарыыссалара умнуллара

Сатаныа суох курдук хайдах эрэ.

 

Бу үүнээйи биллэр сүр эмтээҕинэн,

Дьоҥню-сэргэҕэ туһалааҕынан,

Оттон эрэ ордук сүмэлээҕинэн,

Аһы тупсарар амтаннааҕынан.

 

Бу үүнээйи буоссалаах буккааһынан

Кытай да чаайынааҕар баай курдук,

Ол иһин да Уйбаан-чаай диэн аатынан

Аан дойдуга аатырдаҕа ордук.

 

Ол иһин даҕаны нуучча киһитэ

Уйбаан-чаайы олус таптаан иһэр,

Биитэр кинини атыҥҥа эргитэ

Мэлдьи тахсара омук сиригэр.

 

Оттон сахаҕа былыр-былыргыттан

Бу үүнээйи Куруҥ ото дэнэр.

Хатыҥ үөһүн, хатыҥ чээрэтин кытта

Кини эмиэ чаай курдук иһиллэр.

 

Мин тэлгэһэбэр үүнэр Уйбаан-чаайдар

Кыһыллыҥы-күөх сибэккилээхтэр,

Ол эрэн маннык кэрэ барахсаттар

Тулабын уһуннук симээбэттэр.

 

Күп-күөх оттору тойон ынырыалар

Адьас да аҕыйах күн иһигэр

Сүмэлэрин супту уулаан ыланнар,

Кубарыччы куурдан кэбиһэллэр.

 

Хаппыт дьөрбөлөрө хайыта баран,

Тыһыынчанан түү тыал хоту көтөр,

Ол курдук Уйбаан-чаайдар улам-улам

Уҥуохтара эрэ хаалар, өлөр…

 

Оттон хаһан эрэ, олох да былыр,

Куруҥ тыатыттан саха киһитэ

Бүтэй бүөрдээх куобахтарын кытары

Куруҥ оту хомуйан киирэрэ.

 

Перейти к содержимому