УЛАХАН УОННА КЫРА

Кыра ордук өйдүүр кыратын,
Оттон улахан улаханын.
Кыра өрүү хайгыыр кыратын,
Оттон улахан улаханын.

Улаханы, кыраны барытын эн
Оҥороҕун кыаҕыҥ эрэ иһинэн,
Ол эрэн умнумуох олох диэн арааһын.
Олох да кыраҕа улахан күүс баарын.

Улахан сэнии көрөр арыт кыраны,
Ол сылдьан кыайбатах буолар бэрт кыраны.
Оттон кыра ордук санаан дуу улаханы
Оҥорон кэбиһэр ардыгар улаханы.

Одуу буолуо суох этэ олох даҕаны,
Убаастыыра буоллар улахан кыраны.
Алҕас буолуо суох этэ адьаһын даҕаны,
Айхаллыыра буоллар кыра улаханы.

Туох барыта икки муҥутуур муҥур
уһуктаах,
Ол икки ардыгар уонунан араас
туруктаах.
Ол хайдах уларыйарын билиэн-көрүөн
баҕалаах
Уһугуттан уһугар уһаты-туора
сылдььыахтаах.

Улахан, кыра утарыта буолбатахтар,
Улахаттара суох кыралар эмиэ суохтар.
Атын-атын ааттаах утарыта курдук
көстүүлэр
Айылҕаҕа даҕаны адьас биири түстүүллэр.

Оттон эн, оо, киһи, олох кырдьыгын
туһугар
Улахан, кыра диэбэккэ олох биирдик
туттан,
Бу орто туруу дойду олоҕо туругурар
Улуу чааһыгар уруйда тутаар бар
дьоҥҥуттан.

Перейти к содержимому