УЛУУ ТУҺУНАН

Күҥҥэ күлүмнүү оонньуур көһөкө

көмүс,

Чахчы норуоттан тахсыбыт

чаҕылхай талаан

Биһиги да ортобутугар бэрт үгүс

Ханнык баҕарар омуктарга хара

баһаам.

 

Доҕоттоор, бу бэркэ диэн биллэр

суоллары

Тоҕо эмиэ тойук гынныҥ

диэтэххитинэ,

Ордук буолуо урутаан этэрбит маны

Орто дьоннор улуубут диэхтэрин

иннинэ.

 

Ол курдук олортон саамай

ордуктара,

Саамай улуулара диэннэр баар

буолуохтаахтар.

Аан дойду улахан, кыра омуктара

Оннук эрэ дьоннорунан киэн

туттуохтаахтар.