УМНУОҤ ДУО ЭН

Умнуоҥ дуо эн кини ытаан

Ибигирии хамсыыр уоһун,

Имэрийэр бып-быыкайкаан

Икки ытыс итии суо5ун.

 

Умнуоҥ дуо эн суолга тахсан

Онно тута барбатаххын,

Хайдах эрэ сиргэ сыстан

Хаалбыт курдук атахтаргын.

 

Умнуоҥ дуо эн хаһан эрэ

Умуллубат түннүк уотун,

Онтон күндү, онтон кэрэ

Аан дойдуга туох да суоҕун.

 

Харанаҕа ким да көрбөт

Мөлбөрүйэр харах уутун,

Аны, бука, өтөр көммөт

Арахсыы бу саатын-суутун.

 

Олуу туран, оннооҕор тыал

Уҕарытар арыт уо5ун.

Хайдах буолуой эдэр да ыал

Эмиэ оннук олоруоҕун?!

 

Харанаҕа балыйтаран

Оҥорбоккун оҥоруоҕуҥ –

Күүт эн күнү, былыттартан

Быган ону тохтотуоҕун.

 

Умнуоҥ дуо эн хаһан эрэ

Умуллубат түннүк уотун,

Онтон күндү, онтон кэрэ

Аан дойдуга туох да суо5ун.