УМУЛУННА, ДЭҺЭБИТ

Умулунна, дэһэбит,

Талаан бэрдэ тахсан иһэн,

Өһөн хаалла, дэһэбит,

Үтүө киһи үүнэн иһэн.

 

Ол баҕа санаа эрэ,

Оттон олох атын буолар,

Ону өйдөөбүт эрэ

Олоххо миэстэтин булар.

 

Талааммыт таах хаалла диэн,

Таах биһиги айманабыт,

Орто да coҕyc эрэн,

Улуутуйан алдьанабыт.