УОННА ӨССӨ КИМ ЭТЭЙ?

Оҕо бөҕө ыал аайы,

Оо, эн ыйыт ааттарын!

Сорудаҕыҥ сонно туолуо,

Субурутуу бөҕө буолуо:

 

Туллук, Чооруос, Татыйык,

Туутта, Тойтоон, Мытыйык,

Орто, Ылгын, Эрбэхтэй

Уонна өссө ким этэй?..

 

Оҕолорун ааттарын

Оччотугар ааттаатын

Алаһа дьиэ баһылыга,

Айбыт тойон аҕалара:

 

Туллук, Чооруос, Татыйык,

Туутта, Тойтоон, Мытыйык,

Орто, Ылгын, Эрбэхтэй

Уонна өссө ким этэй?..

 

Уонна диэмэ, доҕор, эн:

Оҕоҥ бүтэр итинэн.

Оргууй этэр мичилийэ

Онно таптыыр ийэлэрэ.

 

Туллук, Чооруос, Татыйык,

Туутта, Тойтоон, Мытыйык,

Орто, Ылгын, Эрбэхтэй

Уонна өссө ким этэй?..