УОННА ИТИ ХАЙААН

Үчүгэйи айхаллаан,

Үгүс да xohooн сурулунна.

Уонна дьэ ити хайаан

Куһаҕан эмиэ уһугунна?

 

Муннуктартан быгыахтаан

Муҥутах дьону моһуоктаата,

Өһү-сааһы ыһыахтаан

Учугэй дьону сойуолаата.

 

Буолуо суоҕу дарбатан

Бухатыырдарга холуйтаата,

Хобу-сиби тарҕатан

Куомуннаахтарын хомуйтаата.

 

Үчүгэйи айхаллаан,

Үгүс да хоһоон сурулунна.

Уонна дьэ ити хайаан

Куһаҕан эмиэ уһугунна?