УРАТЫЛААХ СУОЛ

Биһиги, сахалар, ураты омукпут.

Биһиэнэ оннуга дуу, баҕар, олохпут,

Сиэдэрэй айылҕалаах сирбит-дойдубут,

Сиэмэх кыыл дугуйбут сис тыабыт, ойуурбут,

Кыыһар уот сарыалбыт, ача күөх алааспыт,

Кыһынгы тымныыбыт, сайынны куйааспыт.

 

Хаары, самыыры, куйааһы ортотунан

Хас да бууттаах тэлиэскэтин соспутунан,

Алталыы көс сири күн аайы ааһаттаан,

Алта ый устата ол курдук айаннаан,

Калининград тан Владивосток куоракка

Харса суох сүүрүкпүт баар эрэ буолбута.

 

Онон дьэ киһи аймах кэтиэн кэтээбит

Улуу Кыайыы алта уон биэс сыла туолуутун

Урааҥхай саха омуга биир ньургун уолун

Орто дойдуга көрдөрөн бэлиэтээбит

Уратылаах омук буоларын бу сиргэ

Олус бэркэ дакаастаата өссө биирдэ.

 

Аны туран, ааha баран, ол киһибит

Атаҕын тумсун эрэ сирдэтэ сылдьар,

 

Айаҥҥа бэйэтэ көмөҕо наадыйар,

Арыалдьыттаах сылдьыахтаах инбэлиит эбит…

Ол иһин да этиллэр, бука, этиллиэн

Урааҥхай саха уратылаах омук диэн.

Перейти к содержимому