УУСТУК СУОЛУНАН

Дьол иһин охсуһар ол кэми
Дьон үксэ дууһатыттан өйүүрэ,
Туох баар тойорҕооһуну эҥин
Токурутуулар курдук өйдүүрэ.
Ол иһин оҕолуун-уруулуун
Улуу Кыайыы туһугар турдахпыт,
Арҕаа, илин, хоту, соҕуруу
Араас омук бырааттыы буоллахпыт.
Ол иһин аан дойду үрдүнэн
Саҥа кэм күнүнүү умайдахпыт,
Санаабыт, сыалбыт үрдүгүнэн
Саргыга, көҥүлгэ угуйдахпыт.
Онтугут бу, билигин кэлэн,
Омуна-төлөнө умулунна.
Атын сыаллаах, ама дуо, бэлэм —
Абалаах айаҕа аһылынна.
Барбьгг суолбутун, баҕабытын
Бастатан туран кини киртитэр,
Туох сатамматаҕын барытын
Туой социализмҥа түһэрэр.
Буруйдаах дуо ол социализм —
Ким эрэ сатаан салайбатаҕар?
Буруйдаах дуу марксизм-ленинизм —
Ким да салгыы сайыннарбатаҕар?
Социализм олоҕун тутуу —
Уустуктан уустук улуу сыал сиргэ;
Кинини салгыы туругурдуу —
Кэхтибэт эрэл, кэскиллээх үлэ.
Тутулла турар дьоһун дьиэни,
Доҕоттоор, хайаан да ситэриэҕиҥ,
Революция үрдүк чиэһин
Үйэлэргэ түһэн биэримиэҕиҥ!
Элбэх омсолоох этэ дии-дии,
Историябытын умнумуоҕуҥ;
Үтүөтэ эмиэ үгүһэ дии —
Үчүгэй өртүнэн киэн туттуоҕуҥ.
Биһигини да оҕолорбут
Биллибэт хайдах сыаналыахтара;
Баҕар эмиэ, бэйэбит курдук,
Барытын көннөрө сатыахтара.
Баҕар, кинилэр барыахтара
Олох саҥа суолунан-ииһинэн:
Байыахтара, барҕарыахтара
Өй-санаа үрдүк ситиһиитинэн…
Оннук даҕаны кэм кэлиэҕэ,
Үгүс суолу өйдөөһүн түмүгэр —
Барыбыт эрэйэ тиллиэҕэ
Бар дьон баҕата туолар күнүгэр.

Перейти к содержимому