ҮКСЭ ОЛ КЭМИТТЭН

Үчүгэй хоһооҥҥо өтө көрүү диэн баар,

Онон эн хоһооммор ону була сатаар.

Бэйээттии эттэххэ, мин кэмим кэлиэҕэ.

Бэрт ыраах тэйдэххэ, мин кимим

биллиэҕэ.

Ыраахтан эрэ суол ыллыктыы

тыргыллар,

Айаннаан иһэр буол, арай буор

ыһыллар.

Барбытыҥ кэнниттэн баҕар эн

умнуллуоҥ,

Үксэ ол кэмиттэн! Өрө да тутуллуоҥ.

Кэлин ол ким туох диэн эйигин

сэниэҕэй,

Ыарыһах эҥин диэн ырыаҕын сириэҕэй?

Ол кэмҥэ мин эрэ диэччи суох буолуоҕа,

Остуолга хоһооммут эрэ баар буолуоҕа.

Оччоҕо ааҕааччы бэйэтэ сыаналыа —

Умнуллар умнуллуо, ааҕыллар ааҕыллыа.

Ыарыһах, доруобай тумаҥҥа сабыллыа,

Ырыабыт эрэ дьэ ааппытын ааттатыа.