ҮРҮМЭЧЧИЛЭР

Көй салгыҥҥа үрүмэччилэр —
Көтө сылдьар сибэккилэр.
Ойуулара диэн үүт-үкчүлэр,
Оһуордара эмиэ биирдэр.

Сиккиэр тыалга үрүмэччилэр —
Сиргэ түһэр сэбирдэхтэр.
Көстүүлэрэ да үүт-үкчүлэр,
Көтөллөрө олох биирдэр.

Үрүҥ тунах үрүмэччилэр
Үөрүнэн кэлэн түһэллэр,
Күөх сирэм оһуордаах бичигэр
Көрдөрөн туран сүтэллэр.

Сити курдук үрүмэччилэр
Сири-дойдуну симииллэр.
Сибэккилэрдиин үүт-үкчүлэр,
Сэбирдэхтэрдиин да биирдэр.

Сибэккилэр, үрүмэччилэр,
Сэбирдэхтэр, сэмэгэттэр,
Көмүс сүүрүктээх үрүччэлэр
Көрүөхтэн кэрэ эбиттэр!

Перейти к содержимому