ҮРҮҤ ТҮҮН

Үчүгэйиэн үрүҥ  түүн —

Үрүлүйэ сырдаан түһэн!

Сылга хаһый маннык түүн,

Сылдьан хаалыах үлүмнэһэн.

 

Чараҥ иһэ сөп-сөрүүн,

Тахсан барыах түбэҕиттэн.

Түһэр үһү маннык түүн

Түөрэх халлаан түгэҕиттэн.

 

Үөрүү үөскүүр маннык түүн,

Үөскүүр киһи сүрэҕиттэн.

Ыллыыр-туойар дьон бүттүүн,

Ыллыыр тула өттүгүттэн.

 

Хатыҥ  чараҥ сөп-сөрүүн

Хайдах эрэ түбэсиhэн

 Хаамсар кини маннык түүн,

Хаамсар тыанан, үрэҕинэн.

 

Үчүгэйиэн үрүҥ түүн –

Үрүлүйэ сырдаан түһэн!

Киһи эрэ маннык түүн

Кэлэр-барар үгэһинэн.