ҮРҮҤНЭР СИЭТТЭРЭ

Улугуруу диэн баар буоллаҕына
Уларыта тутуу баар буолуохтаах.
Ол барыта олус диэн охсуулаах,
Олоҕу ыһар урусхал гына.

Биһиэхэ иккилии дуу куртахтаах,
Мэйии дуу аҥаара мэйиилээх дьон
Уола ханнара холбоһо охсон
Ордук наардаабыттара быһыылаах.

Кыайыы-хотуу кырыыһа кэлбитэ.
Кыайбыттара үрүҥнэр сиэттэрэ,
Ол эрэн урукку сиэмэхтэрэ
Олох да уларыйбатах этэ.

Бастатан туран, баар хонтуруолу
Барытын ылан бырахпыттара,
Ол кэнниттэн дьэ мэй гыммыттара
Улуу норуот муспут баайын-дуолун.

Көр, уонна өссө ол быһыыларын
Көҥүл кэм көстүүтэ дэһэллэрэ,
Дохуоттарын курдук этэллэрэ
Дойдуларын баайын халыылларын.

Кистэнэ сылдьыбыт тыҥырахтар
Хааны-сиини баҕардахтарына,
Хайыта тыытан бардахтарына
Килбэҥнэһэн түһэн ынырыктар!

Туох эрэ алдьархай турдаҕына
Дуолларынан бэрсиhэн туолаллар,
Дьоҕойон үөхсүбүтэ буолаллар,
Дьон-сэргэ билэн долгуйбат гына.

Хаһан эрэ кырдьык кыайдаҕына
Үрүҥнэр кытаран хаалыахтара,
Үрдүү охсон син биир халыахтара,
Оннооҕор кырдьык да кыайдаҕына.