ҮТҮГҮННЭРИИ

Арамааннары, сэһэннэри

Аата-ахсаана суох аахпыккын эрээри,

Киһи киһиэхэ сэһэргиирин

Кэм даҕаны айа иликкин эн.

 

Үөрэнээри сорохтор бастаан

Үтүктэн айалларын этиэҕи,

Эн бэйэлээх өһүргэс муҥнаан

Эмиэ өлөргүнэн кэмнэниэҕиҥ.

 

«Үтүгүннэрэн айар киһи

Үйэтигэр улуу буолбат», — диэҕиҥ,

«Орто эрэ буолуох кэриэтин

Олох да айбатах ордук», — диэҕиҥ.

 

Оттон улуулар эдэр сылдьан

Уһулуччулаах айымньылары

Атыттартан үөрэнэн, сайдан

Айаллар этэ буолбаат бары.

 

Үтүгүннэрии диэн үөрэнии,

Үрдүктэн үрдүккэ өрө көтүү,

Улуулары кытта тэҥнэһии,

Онтон кинилэри уҥуор түһүү.

 

Оннук эрэ бу аан дойдуга

Улуу айымньылар айыллаллар,

Туох эрэ дьиктинэн долгута

Дьон өйүн-санаатын байыталлар.