Орто үйэлэр бүтүүлэрэ
Улуу санаалар төрүүллэрэ,
Олортон саамай бастыҥнара
Руссо өйүттэн тахсаллара.
Бүгүн кини өтө корүүтэ —
Бүтүн киһи аймах сөҕүүтэ.
Ол сахха цивилизация
Охсуулаах буолуон айылҕаҕа,
Түҥ тыалары кэрдэ-кэрдэлэр,
Түһээн да баттаппат этилэр,
Хата хара буор куораттары
Харса суох туталлара бары.
Цивилизацияттан бастаан
Сиэр-майгы эйгэтин харыстааҥ!
Айылҕа иһин охсуһууну
Аан бастакынан ити курдук
Икки сүүс биэс уон сыллааҕыта
Эдэр Руссо саҕалаабыта.
Үс саха — айылҕа оҕото,
Өйдөнөр ол иһин тоҕото,
Үөрэх-сайдыы бөҕөлөөх киһи
Өйүгэр-санаатыгар кини
Билиитин-көрүүтүн таһыма
Бэйэтин кэмиттэн татыма.
Аан дойду сайдыытын толуга
Айылҕа оҕото буолбута
Ахсааҥҥа онно ылыллыбат,
Аддьархай курдук сыаналаммат
Былыргы, аныгы култуура
Быһыыта суох аны холбуура.
Ыраах үрэхтэр бастарынан,
Ытыс саҕа алаастарынан
Былыргыттан Саха омуга
Бытанан аххан олорбута,
Ол иһин дуу сиэрэ-майгыта
Ураты быһыылаах барыта.
Айылҕа үөскэппит киһитэ
Аар тыатын алдьатыан кэриэтэ
Тугу да гыммакка сылдьыаҕа,
Дуоһуйа тойугун сыыйыаҕа,
Оҕото да дьиэ-уот тэринэн
Олоруо эмиэ ол тэҥинэн.
Өр буолла сыдьаайта Азия
Үрдүнэн цивилизация,
Ол эрэн саха өтөхтөрө
Уларыйан көрбөтөхтөрө,
Былыргы дьон өйө-санаата
Бытааннык сайдара ол аата.
Үтүө киһини өллөҕүнэ
Өйдүүллэр, дииллэр, өтөҕүнэн:
Бу Ыраас Ыстапаан өтөҕө,
Бу Мааны Маарыйа өтөҕө…
Килбик айылҕа оҕолорун
Ким билиэй ааспыт олохторун.
Бүгүн бэл өбүгэ өтөҕүн
Бөһүөлэк иһигэр короҕүн:
Мансаардаах дьиэбитин утары
Маҥааспыт хотонун тутабыт,
Ыал аайы — куурусса, сибиинньэ,
Ыта суох буолуо дуу сэлиэнньэ!
Дьиктилээх саас тиийэн кэлиитэ,
Дьиэ таһа быһыта сиэһиитэ
Хотугу сэлиэнньэ сылыйан
Хотонун сытынан аҥкыйар,
Ол эрэн урукку курдук эн
Оҕолуу үөрбэккин итинтэн.
Аныгы үйэҕэ олорор,
Араас диэн үлэни толорор
Дьаһаллаах дьон бэрдэ биһиги
Дьаалатынан сылдьар киһини
Айылҕа оҕото дии-диибит,
Арааһа, кыратык сэниибит.
Оттон бэйэбит айылҕаны,
Оо, таптал диэн баар буоллаҕына,
Тапталтан нарын тапталынан
Таптыахпытын дуу сүр баҕаран,
Ол сэниир киһибитин арыт
Ордугургаан көрөн турабыт.
Айылҕа оҕото буолаары,
Айылҕа уоҕунан туолаары,
Кинини саҥалыы көрөөрү,
Кинилиин үөрээри-котөөрү
Ама дуо, айылҕа-дьиэбитин
Алҕааһын бөҕөтө диэтэҕиҥ!
Сайдыы диэн бэрдинэн бэрт эрэн
Саллыылаах содула бэрдинэн,
Ол ону билигин өйдөөммүт
Охсуһар буоллубут көхтөөхтүк,
Алдьатар сайдыыны, үөрэҕи
Ардыгар тохтотон үөрэбит.
Ол эрэн бииртэн биир түбэлтэ
Утуйар уубутун көтүтэр,
Ол аны Сиинэбит, Кэптиммит,
Оо, эмиэ туонабыт кэппитин:
Саталаах эттиги быраҕар
Сатаммат бэл үрэх баһыгар!!!
Үс саха — айылҕа оҕото,
Өйдөнөр бүгүн ол тоҕото,
Бу сиргэ киниттэн ураты
Бочуоттаах дуоһунас суох аны,
Оннук буолуон бэрт өрдөөҕүтэ
Улуу Руссо өтө көрбүтэ