XAPAҤA САНАА ХААЙДА ДИЭН

 

Xapaҥa санаа хаайда диэн

Хаһан даҕаны аймана,

Харааста сылдьыбат киһи

Xapaҥa уһун түүннэргэ

Хараҕын уутунан суунан

Харыстанарын, ким билиэй?

 

Күлүктээх санаа күөйдэ диэн

Көҕүс түһэн сылдьыбакка,

Күлэр-үөрэр аххан киһи

Күлүктээх уһун түүннэргэ

Көмүскэтин уутун тоҕон

Көмүскэнэрин, ким билиэй?..