ХАБЫЛЫК

Хабылык хабан ыһабыт,
Хастыы эрэ мастанабыт?
Ханыы-ханыы уураҕын,
Хаалбыт маһы ылаҕын,
Хаҥас, уҥа илиигинэн
Хабаҕын онтон биирдиинэн…

Хабылык — саха оонньуута,
Хаамыска — кини уруута,
Хайаларын даҕаны
Хаба оонньуур суох аны:
Хаамар олох инники,
Хайыаҥ баарай эн кэми!

Хаһан эрэ хабылыгы
Хабаллара үһү бары,
Хаһан эрэ, дэһэллэр,
Хаба оонньуур тэриллэр
Хас оҕоҕо аахтара
Хас ыал аайы бааллара.

Хаттаан ону тилиннэрэр,
Хас уон дьоҥҥо билиннэрэр
Хайҕаллааҕын да иһин,
Хардыы аайы билигин
«Хабылыктыыр» итинэн
Хайдах эрэ ол эрэн.

Хабылык – саха онньуута,
Хаамыска – кини уруута,
Хайаларын даҕаны
Заба онньуур суох аны
Хаамар олох инники,
Хайыаҥ баарай эн кэми!