ХАЙДАХ ОЛ ХАРААРДЫАЙ?

Кумахтан быаны хатааччылар
Куруутун билэ сатааччылар,
Холобурун, ханнык хаһыакка мин
Хоһооннорбун сөбүлээн биэрэрбин.

Итинник, бадаҕа, кинилэр
Эн кимнээх диэкигин билэллэр.
Хоһооннорбун сөбүлүүллэр диэҥҥин,
Холобура, эн киирэн биэрэҕин.

Хараҥа, эриэн, араҕас, бороҥ —
Ханнык да өҥнөөх хаһыат буоллун.
Таһаардыннар эрэ, холобурун,
Тарҕааталлар диэбит хоһоонноргун.

Эҥинэ диэн араас санаалаах
Элбэх киһи ону ааҕыахтаах,
Мин ол иһин мэлдьи, холобурун,
Биэрээччибин баар-суох хоһооннорбун.

Дьиҥ иһигэр хаһыат өҥүттэн
Дьиксинэр сатаммат төрдүттэн:
Ханнык да өҥ сырдык хоһооннору
Хайаан ол хараардыай, холобурун?!

Сайын да, кыһын да, холобурун,
Саҥа да, эргэ да хоһооннорум
Ханнык даҕаны хаһыаттарга
Хаһан баҕарар тахсыахтара.

Кумахтан быаны өрөөччүлэр,
Куруутун холоон көрөөччүлэр
Дьээбэлэнэ сылдьан, холобурун,
Дьиҥнээхтик билиэхтэрэ хоһооннорбун.

Ол онтон тылбыт байыа эрэ.
Урааҥхай саха оннук эрэ
Хатыа кумахтан ханнык да быаны,
Хааллара тыыннаах хаарыаннаах тылын.