ХАМСААБАТ ДУУ ХААНЫМ ТЫМЫРБАР

Хамсаабат дуу хааным тымырбар:
Хайдах маннык мин тоҥобун,
Урут миигин мэлдьи сылытар
Оһохпун эмиэ оттобун?

Күүстээх уот көхсүбүн сырайар,
Оттон көхсүм син биир тоҥор –
Оһоҕум, бука, таах умайар:
Ол, бадаҕа, дууһам тоҥор.

Арай эн ытыһыҥ сылааһа
Ириэриэх этэ бу миигин,
Атынтан ааһыа суох, аpaaha,
Аҕал дуу миэхэ илиигин…