ХАҺААС

Кутуйах бурдук куолаһын

Хороонугар таһынар,

Куртуйах от-мас туораҕын

Куолаҕыгар мунньунар —

Түбэһиэх дуо ол барыта,

Төрүөттээх дуу, ол барыта?

 

Өбүгэлэр бу ис тыынын

Өйдүү охсон ылбыттар,

Өртөн ыла хаһааныыны

Үтүө үгэс гыммыттар —

Оруннаах дуо ол барыта,

Омуннаах дуу, ол барыта?

 

Сылгы иһин сыалай ууран,

Сылы быһа хаһааныы,

Сыһыы-толоон хаара ууллан,

Сыһык эти алдьатыы —

Хаһан этэй ол барыта,

Хайдах этэй, ол барыта?

 

Хастыы да сыл ампаар иинин

Хайаҕынан толоруу,

Хара күһүн буолуор диэри

Хаһааһынан олоруу —

Хаһан этэй ол барыта,

Ханна этэй, ол барыта?

 

Үөттэринэн, бэстэринэн

Өрө үүммүт тыаларга,

Өбүгэлэр үгэстэрин

Өйдүү сылдьар ыаларга

Өссө тыыннаах ол барыта,

Өлө или кол барыта.