ХАРА ТЫАҔА

Ким да суох тыатыгар

Кэлэммин турабын,

Биллибэт тыаһыгар

Бигэнэн барабын.

 

Хайыы үйэ, apaaha,

Хаар түһэн кыыдайар.

Лабааттан лабааҕа

Тииҥ ойон кыырайар.

 

Аттыбар биир куобах

Аһаары оҥостор,

Онньоҕунан барбах

Уоһун-тииһин соттор.

 

Чугастан тыаһырҕаан

Чубуку кыыл ойор,

Киргил күлэн, ытаан

Кэтэҕэ чохойор.

 

Кынаттар тыастара

Тулабар туолаллар,

Кытыаннар быыстара

Элэҥнэс буолаллар.

 

Куртуйахтар түһэн

Xopoho сырсаллар,

Ол сылдьан мөккүһэн

Oxcyha сыһаллар.

 

Маннык бэлэм аска

Мааны саһыл үөмэр:

Биирдэ көтөн тахсар,

Билэн, көтөр үөрэ.

 

Эмиэ хара тыаҕа

Иһиллээбит курдук…

Бэл хаар түһэр тыаһа

Бэрт улахан курдук.