ХАРА ХАЙАҔАС

Айар диэн үлэҕэ тартаран
Арыт олорон хаалааччыбын,
Оччоҕо мин таһырдьа тахсан
Уу чуумпу түүҥҥэ хаамааччыбын.

Оннук эрэ, оннук эрэ мин
Сөллүбүт, эстибит бэйэккэм
Улам-улам чэбдигирэбин,
Сөрүүн салгыны эҕирийэн.

Халлааны хайыта суруйан
Уот сындыыс сулустар сырсаллар.
Биллибэт эттиктэр умайан
Тумантан бу көтөн тахсаллар.

Мин ол курдук түүҥҥү халлааҥҥа
Оонньуур өҥнөрү одуулуубун,
Ол тахсар ый сааскы халааҥҥа
Тугунан дьайыан тойоннуубун.

Тоҕус халлаан улаҕатыгар
Туох-ханнык буолара соһуччу
Бу биһиги тулабытыгар
Буолардыы арыллар олоччу.

Ол онно халлаан дьөлөҕөһө,
Ойбон курдук хара хайаҕас,
Аат айаҕыныы өҥөйөрө
Көрүөххэ, оо, дьулаанын баҕас!..

Биир сулуһу олох айаҕар
Кини обургу тардан ылла
Уонна дириҥ маҕалайыгар
Омурт уулуу мэлис гыннарда.

Хайдах ити бүтүн сулуһу
Хара хайаҕас ыйыһынна?
Ону туох билиэй? Бэрт сотору
Ол дьикти көстүү сабылынна.

Сиэмэхтэр сир эрэ үрдүгэр
Сиэһэр-аһаһар буолбатахтар,
Оннооҕор ол халлаан түгэҕэр
Онтон сулустар куоппатахтар.