Бу остуоруйалыы ааттаах,
Ол эрээри ойуур-толоон
Тииҥнээх уонна харыйалаах
Дьиҥ олоҕун кэпсиир хоһоон.
Айар ол хоһоону киһи.
Оттон хаһан эрэ кини
Адьаһын ону билбэтэ:
Айылҕа оҕото этэ.
Аттыгар баары барытын
Атаһын курдук букатын
Аатынан кини ааттыыра,
Apaaha, оннук таптыыра.
Ол иһин кини дьоллооҕо
Ол иһин кини мындыра.
Кини от-мас доҕордооҕо
Кэпсээнин сүнньэ буолара.
Бар дьон барыта дойдулаах,
Хас киһи барыта дьиэлээх,
Кыыл-сүөл барыта уйалаах,
От-мас эмиэ олох сирдээх.
Хатыҥ мас чараҥҥа үүнэр,
Бэс чагдаҕа бэс мас уунэр,
Харыйа үүнэр тэҥкэҕэ,
Тиит баар сирэ тыа дэннэҕэ.
Тэҥкэ тиитин caҕa киһи
Мин дьиэбэр киирэн кэлбитэ,
Улахан баҕайы киһи
Ол аата киирдэ диэн этэ.
Тэҥкэ тиитэ диэн бу манна,
Дьиҥэр, харыйа ааттанна.
Тэҥкэ тиитин caҕa киһи –
Дьэ эмиэ тэҥнээһин ини!
Дьулайдахтарына эрэ
Дьоннор оннук этэллэрэ.
Кырдьык да, тэҥкэ мастара –
Кыырай халлааҥҥа бастара.
Онон «тэҥкэ харыйатын
Таҥнары соспут курдук» диэн
Дьон сөхпүтүн-махтайбытын
Эппитэ сөбө эбитиэн.
Сиинэ тэҥкэтигэр тахсан
Сэмээр мин ҕр одуулуурум
Хайдах онно тииҥ барахсан
Харыйаҕа ойуолуурун.
Хайдах кини хаппыт туораах
Хас биирдиитин эриэхэтин
Хайаан да ылар соруктаах
Хамсанара эриэккэһин.
Мин дьиэм тулатыгар эмиэ
Харыйалар үүнэллэрэ,
Онно кэҕэ, тураах, элиэ
Кыһын, сайын түһэллэрэ.
Арай чэрэҥнэс тииҥнэри
Адьас халтайга кэтиибин,
Харыйалары, тииттэри
Хастыыта да кэрийэбин.
Ол эрэн манна кинилэр
Олох суохтар: барахсаттар
Куотан харыйа үрдүгэр
Куһугураан тахсыбыттар.
Туораахтары биирдии-биирдии
Буура тардан мэлийтиибин
Итиэннэ өйдөөх тииҥнэрдии
Эриэхэтин ылан сиибин.
Биһиги бары да5аны
Тииҥ мэйии дьоннор буоллахпыт,
Тииҥи уонна харыйаны
Дьикти курдук син туойдахпыт.
Биһиги тииҥи таптыыбыт,
Харыйаны харыстыыбыт –
Сырдаттыннар тулабытын,