ХАС ЛАБАА ААЙЫ, ХАРАХ УУТУНУУ

Хас Лабаа аайы, харах уутунуу,
Ыйанар ып ыраас мөһүүрэ.
Солко ырбаахыҥ субу суугунуу,
Соһуччу кэлэҕин эн сүүрэн.

От-мас сибилигин тоҕо-тоҕоҕун,
Эн сүүрэн кэлэҕин соҕотох,
Бүгүн да эн олох оҕоҕун,
Ол кэмнии оҕоҕун эн олох.

Аан ийэ дойду суунан-тараанан,
Аралыйа сырдыа сотору,
Оччоҕо эмиэ ахтылҕан ааһан,
Ууланыа харахпыт толору.

Ыанньыйбыт былыт босхонон кэлэн
Ыаҕастаах уунан кутан ааста,
Олохпут биһиэнэ син ол тэҥэ
Оргуйа түһээт уостан хаалла.