Суруйбатах көнө курдук,
Хатыланыах кэриэтэ,
Атыттар да эмиэ оннук
Этиэхтэрэ эйиэхэ.
Мантан антах кэпсииһибин
Уруккуттан атыны —
Билбэтиннэр, баҕар, миигин
Билээччилэр даҕаны.
Үтүө эрэ санаалааҕы
Өрүү билэр дьоннорум,
Эҥин-араас саҥалааҕы
Истиэхтэрэ сотору.
Олох хабыр тыла-өһө
Хайаан миигин тумнуоҕай,
Онтон куота сатаан төһө
Муҥнаммытым буолуоҕай?
Хара сибиэн күнүстэри
Хаама сылдьар ыалынан,
Түннүктэри-үөлэстэри
Саба сынньар тыалынан.
Күүстээх күөнтүүр кэмэ кэлэн,
Кини дьэ көҥүл көтөр,
Көмүс тииһин килэҥнэтэн,
Көрүн-нарын көрдөрөр.
Хайдах дьоҥҥо өйдөтүөмүй,
Хара үрүҥ буолбатын?
Хайдах гынан көмүскүөмүй
Хара дьайтан дууһабын?
Ити номнуо мин саҥабар
Иһиллэр дии абарыы,
Элэк, күлүү тылларыгар
Эмиэ оннук хардарыы.
Кырдьык тыла ол эрээри
Кыайыах тустаах хоһооммор,
Кинини дьоҥҥо тиэрдээри
Хатыланыам оннооҕор.