Үчүгэй да үйэлэр бүттүлэр
Үөрүүлэрин кытары холбуу,
Үөлээннээхтэрим бары бүктүлэр
Өтөхтөрүгэр соҕотохтуу.
Күнү барыы сатаан өллөхтөрө.
Көмүлүөктэрин оттон баран,
Күндү кагору көтөхтөхтөрө,
Күһүҥҥү тымныыга хаптаран
Үгүһү эргитэ саныы-саныы
Үөрдэхтэрэ, кэмсиннэхтэрэ,
Өй-санаа өттүнэн ырааһырыы
Үрдүк түгэнин биллэхтэрэ.
Оччолорго мөлтүүрү-ахсыыры
Улахаҥҥа уурбат этилэр,
Ардыгар халлааны да хастыыры
Кэбис диэбэттэрэ кинилэр.
Дьоһуну тугу да оҥорбокко,
Күннээҕи түбүккэ баттатан,
Көрүнньүк олорбуттар сорохтор,
Күн эрэ сырдыгын батыһан.
Хор, ону өйдөөн кинилэр бүгүн,
Холобур курдук, эдэрдэргэ
Курутуйар тылларын-өстөрүн
Хойутаан баран эттэхтэрэ.
Үчүгэй санаа, үчүгэй сүбэ
Үгэс курдук өрүү хойутуур,
Үгүс дьыаланы бүтэттэрбэккэ,
Өлүү арай эрдэ хомуйтуур.