ХОЙУУ БУРУО

Кууран түһэн кураан даҕаны! Кутаалыыр уоттан туох өрүһүйэр?
Баҕардар таһыйыҥ баҕаны!
Хойуу буруо куораты бүрүйэр.

Күп-күөх күдэрик туман буолан, Көтөн кэлэр хантан эрэ кини.
Дьиэҥ таһа эмискэ – күөх муора: Дельфинныы устар ол иһэр киһи.

Күөх, эмиэ муоралыы, куоратыҥ: Көстүбэт уулусса кирэ-хаҕа,
Эн кини усталаах-туоратын
Элиэ курдук, эргийэ көт, баҕар.

Уоскутан ылар дуу бу костуу?
Ол эрэн ити ойуур умайар.
Кини кэнниттэн өлүү-сүтүү
Кэлиэ турдаҕа кэрэ дойдугар.

Ким эрэ ити бөҕү кутар,
Ким эрэ ити ойууру уоттуур,
Ол аата кини аралдьыйар,
Ол аата кини сынньанар,бултуур?!.

Киһи бэрдэ барытын сатыыр
Киртитэр, уоттуур, ыһар, үрэйэр…
Ол түмүгэр күнү хаххалыы,
Хойуу буруо куораты бүрүйэр.