ХОЛОБУРА ДИЭН ЭТТЭХХЭ

Холобура диэн эттэххэ,
Хоһооммун булан аахталлар,
Баҕарар баҕам ол этэ
Бастаан суруйар сылларбар.

Ааппын да билбэккэ эрэ,
Араас санаабын ыллаллар,
Баҕарар баҕам ол этэ
Бастаан суруйар сылларбар.

Биһирэнэн, дьон сүрэҕэр
Биир эмэ тылым сырыттар,
Баҕарар баҕам ол этэ
Бастаан суруйар сылларбар.