ХОҺООН СУРУЛЛУУТА

Хоhоон хайдах сурулларый?

Хайдах ол онно эппиэттээри

Сарсыардаттан киэhээҥҥэ диэри

Биир атахха турулларый?

 

Арааһа, эн охтубакка

Салгынтан тутуһан турҕын,

Күн аайы оннук муҥнанабын

Туһааннаах тылы булбакка.

 

Күүһүҥ-күдэҕиҥ баранан

Утуйар-утуйбат сытаҕын,

Эмискэ ыстанан тураҕын,

Суорҕаҥҥын ыраах бараҕан.

 

Түһээн дуу, илэ дуу-тута

Түргэнник суруйан бараҕын,

Сүтээри ыксатар тыллары

 Ып-ыраас илиискэ кута.

 

Ыар таһаҕас санныгыттан

Босхолуур кумааҕыга түһэн –

Хоьоон суруллар көҥүлүнэн,

Ол эрэн — эн санааҕынан.

 

Ханнык эрэ тыл эн баскар

Хас уон хонукка буhан баран, Э

Этиэҕин-тыыныаҕын баҕаран

Ити курдук ойон тахсар.

Перейти к содержимому