ХОРГУТУУ

Аны дьиэбэр кэллэхпинэ,

Арай ытым үөрэр-көтөр,

Ааммын аһан киирдэхпинэ,

Атын, тымныы харах көрсөр.

 

Оо, бу харах сылаас этэ

Урут оҕом сирэйигэр,

Тымныы тыына биллибэтэ

Дьиэтиттэн да тэйэригэр.

 

Атаах ииппит оҕолорум

Аны ыаллар, дьоллоох дьоннор,

Харайаллар оҕонньору,

Хайдах эрэ арай тоҥнор.

 

Хата ытым ордук өйдүүр

Мин ыалдьарбын, чуҥкуйарбын,

Ити эмиэ миигин өйүүр.

Истиҥ, хайдах улуйарын?