ЧЫПЧЫЛҔАН ТҮГЭНЭ

Өрүү буоларын курдук кинилэр,
Үлэһит дьоннор барахсаттар,
Үрүҥ-хара үлэ диэбэккэлэр
Үрүлүспүтүнэн бараллар.

Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ
Дьыала былаана оҥоһуллар,
Эҕирийиэх даҕаны иннинэ
Ити барыта толоруллар.

Бүтүн дойду үлэтэ-хамнаһа
Бүттэҕэ-остоҕо түргэнин!
Ол эрэн бу көрдөрөр, бадаҕа,
Охсуулаах үлэ биир түгэнин.

Чыпчылҕаннар итиэннэ түгэннэр
Тыһыынчалыыта солбуйсаллар,
Көмүс кыымнардыы күлүмнэһэннэр
Күннээҕи олоҕу айсаллар.

Баара-суоҕа чыпчылҕан түгэнэ
Бары-барыта уларыйар,
Ким барытыгар тиийэр-түгэнэр
Кэрэни олоххо арыйар.

Оттон ким бүтэр бүппүтүн кэннэ
Уҥа-хаҥас ойо сатаахтыыр,
Бука, маннык чыпчылҕан түгэнэ
Булгу кураанаҕы кууһаахтыыр.

Итинтэн ким да өһүргэммэтин,
Ити мин бэйэбин суруйдум,
Сааһыра охсубутум түргэнин
Саҥардыы өйдөөммүн соһуйдум.